О ДЕТСАДЕ >> ИСТОРИЯ ДЕТСКОГО САДА

 

Урут үлэлээн ааспыт детсад үлэһиттэрин ахтыылара

 

Тиэлиги бөһүөлэгин “Туллукчаана” оҕо садын историятыттан, кэрдиис кэмнэрэ уонна инники соруктара.

            Наахара нэһилиэгин Тиэлиги бөһүөлэгэр оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор тэрилтэлэрин тэрийии хойут саҕаламмыт.Ол иннинэ 1941-60 сылларга колхоз саҕана сайыҥҥы от үлэтин кэмигэр 2 ыйга 10-15 оҕолоох дьааһала курдук аһылла сылдьыбыттар.Ол кэннэ дьон туруорсуутунан 1-11 Наахара сэбиэттэрэ 1954с. холбоспуттарын кэннэ,ол саҕана урут сэбиэттээн олорбут Саввин Семен Николаевич  Быһаарыытынан Тиэлиги биригээдэтигэр нэһилиэк дьааһылатын аһарга уураахтаммыт.Ол курдук 1960сыл кулун тутартан 25 миэстэлээх дьааһыла сэбиэдиссэйинэн Карпова Марфа Петровнаны,фельдшер идэлээҕи,анаан элбэхтик сүүрбүт-көппүт.Сэбиэдиссэйинэн ананан баран Марфа Петровна сылы быһа балыаһаҕа анаммыт дьиэни оҕо сылдьарыгар сөптөөх гына оҥорторон, иһит-хомуос, таҥас-сап булан, ханнык да анал миэбэлэ суох да буоллар оҕолорун испииһэктээн мунньан-5 оҕо Хочоттон,5 оҕо Быраматтан,15 оҕону олохтоох си-риттэн ылан,үлэһиттэринэн:2-иитээччи сиэстэрэ,3-ньээнкэ,1-асчыт,1-уот оттооччу 7 оһоҕу,1-таҥас сууйааччылаах үлэтин 1961 сыл муус устар ыйыттан саҕалаабыттар, өрөбүл  диэни билбэккэ бэрт элбэх эрэйи көрөн үлэлээбиттэр.Олус кыра кыайан хаампат оҕолор кэлэн сылдьыбыттар, сүрдээх элбэх ыарыы да баар эбит. Ити ыарахаттары тулуйбакка үлэһиттэр да уларыйа туруулара тахсар эбит. 1962 сылтан сэбиэдиссэйинэн Федорова Мотрена Кирсановна 1963 сылга дылы үлэлиир. 1963сылтан сэбиэдиссэйинэн,1962 сылга сиэстэрэнэн ананан кэлбит Лонгинова Татьяна Константиновны олордоллор.Ол кэмҥэ оҕо тэрилтэтигэр син үлэлии үөрэнэн,бастаан материальнай базаны хаҥатарга улахан болхом-тотун ууран үлэлээн,оҕоҕо сөптөөх мебель,эбии таҥас-сап булуналлар.Ити курдук 1969сыл алтынньытыгар дылы эмиэ өрөбүлэ суох үлэлии олорон,25 миэстэлээх детсад диэн ааттаналлар уонна оҕону 1.5 сааһыттан ыларга,өрөбүллээх үлэҕэ киирэллэр.Бу сылга дылы үлэлээн кэлбиттэр ортолоругар бааллар-Ильина Аграфена Макаровна, Осипова Марфа Гаврильевна,Степанова Евдокия Дмитриевна, Захарова Екатерина Семеновна, Тимофеева Анисия Ионовна, Адамова Татьяна Еремеевна,Иванова Марина Дмитриевна,Кириллина Татьяна Кузьминична, Константинова Елена Дмитриевна, Акимова Мария Иннокентьевна, Гаврильева Марфа Иннокентьевна дьааһыла саадыттан саҕалаабыт үлэһиттэр. 

       Детсад буолбутун кэннэ сокращениеҕа түбэһэн сорох үлэһиттэр атын үлэ5э көһөллөр.

       Оҕо иитиитигэр туруоруллар соруктар улаатан, оҕону оскуолаҕа киирэргэ, үөрэтэргэ, дьарыктыырга дьаһал бэриллэр. Оҕоҕо аналлаах былааннар, методическай ыйынньыктар оҥоһуллалар. Маҥнай үлэлииргэ нагляднай пособие суоҕа, литерература аҕыйаҕа ыарахаттары үөскэппитэ, ол гынан баран иитээччи идэлээх маҥнайгы үлэһиттэр-Плотникова Матрена Иннокентьевна, Назарова Люция Дмитриевна, Дмитриева Зоя Николаевна, Кривогорницына Ирина Константиновна, Осипова Капиталина Никитична, Осипова Евдокия Михайловна, Сутакова Любовь Семеновна, Мордовская Маргарита Васильевнв, Осипова Галина Семеновна, Дулова Валентина Константиновна, Павлова Октябрина Николаевна детсад буолбутун кэннэ бастакы сылларга прогрммаҕа сөп түбэһэр нагляднай пособиены бэйэлэрэ оҥорон таһааран, иитэргэ-үөрэтэргэ сөптөөх усулуобуйаны тэрийэ сатаабыттара.

       1982 сылтан 1989 сылга дылы үөһэ эргэ детсадка Павлова О.Н. сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Бу кэмҥэ иитээччинэн Сивцева Татьяна Николаевна, Захарова Валерия Филипповна, Осипова Татьяна Никитична, Лукина Татьяна Петровна, Лонгинова Татьяна Константиновна, Гермогенова Саргылаана Степановна, техүлэһиттэринэн-Семенова Виктория Аркадьевна, Солдатова Надежда Ивановна, Устинова Варвара Гаврильевна, Федорова Евдокия Ивановна, Тимофеева А.И. Алексеева Мария Семеновна, Оконешникова Татьяна Петровна, Васильева Марфа Яковлевна, Саввина Дария Яковлевна үлэлээбиттэрэ.

       Биһиги бөһүөлэккэ кыра саастаах оҕо ахсаана 100-чэкэҕэ тиийэр буолан улахан детсад наада диэн туруорсан 50 миэстэлээх дьааһыла саады “Наахара” совхоз директора Игнатьев Ю.Е. гл.прораб Исаков В.К. туттаран 1987 с. ахсынньы ыйтан үлэтин саҕалаабыта. Сэбиэдиссэйинэн Сивцева Т.Н. ананан саҥа дьааһыла малын-салын, тээбиринин тэрийэргэ элбэхтик сүүрбүтэ-көппүтэ.    

      1992-93 үөрэх сылыттан детсадтарга сокращение ыытыллыбыта, оҕону 3 сааһыттан ыларга уонна күнүскү режимнээх үөрэтэргэ диэн уураах тахсан, биһиги детсадпыт 40 миэстэлээх детсад аатын ылан үлэлээбиппит.

      1999 сыл сэтинньиттэн 2013 сыл ахсынньытыгар диэри Устинова Лолита Николаевна сэбиэдиссэйинэн ананан таьаарыылаахтык үлэлээбитэ, үлэтин материальнай-техническай базата хаҥыырыгар улахан болҕомтотун уурбута. 2001 сыллаахха капитальнай ремонт ыытыллыбыта, өссө тупсарыллан, уларытыллан оҥоһуллубута. Физкультурнай сааланы кэҥэтэн, оҕо этэ-сиинэ сайдарыгар, бөҕөргүүрүгэр, доруобуйата тупсарыгар кыах оҥоһуллубута.Попечительбит А.А.Пахомов детсадка “Аконит” медико-реабилитационнай центр комплегын, телевизор, ПК, оонньуурдары, спортивнай инвентардары тиэйэн таһаарбыта.

      2001-2004 сылларга “Мэҥэ Кэскилэ”кэлим программа оҥоһуллан бигэргэтиллибитэ.

      2009 сылтан 30 миэстэлээх оҕо садынан үлэлиир. 2010 сылга “Туллукчаана” -  оҕо сада 50 сааһын туолбута. Юбилейдаах сылга начальник М.Н.Колмаков быһаччы көмөтүнэн уонна хонтуруолунан өрөмүөн ыытылан 2-с этээс көтүрүллубутэ, улахан группа муостатын үрүйэн буор кутуллубута, сорох сиринэн линолеума, түннүгүн тааһа уларыйбыта уонна объектар ис-тас өттүттэн саҥаттан кырааскаламмыттара. Манна төрөппүттэр олус көхтөөхтүк көмөлөспуттэрэ.

      2013-2016 сылларга “Мэнэ Кэскилэ - 5” кэлин программа бигэргэтиллэн, 2014-2018 сылларга “Дорожная карта” ылыллан, улууспут уорэ5ириитэ сайдарыгар улэлэьэбит.  Сана ылыллыбыт Федеральнай уорэх стандартыгар коьон улэлээн эрэбит.

      2013 сыл ахсыннытыттан сэбиэдиссэйинэн Александрова Вера Николаевна таьаарыылаахтык улэлии сылдьар. Орто оскуоланы кытта ыкса сибээстээхтик, биир ситиминэн, начальнай кылаас учууталларын кытта үлэлиибит. Аһаҕас дьарыктар, уруоктар, педсоветтар ыытыллаллар. Талан ылбыт идэлэригэр бэриниилээх иитээччилэр Федорова А.Е -  үрдүкү категориялаах, 1-кы категориялаах иитээччи -  Кириллина Т.А. эдэр эрчимнээх иитээччилэр Захарова М.А. уонна Кириллина З.В., старшай воспитателынан Прокопьева О.С. уонна СивцеваЛ.И. оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ айымнньылаахтык үлэлииллэр. Коллектив үлэтин сүрүн сыалынан оҕо доруобуйатын кэтээн көрөн бөҕөргөтүү, чэбдигирэр үлэни ыытыы буолар. Ону таһынан 11 техүлэһит кырачааннар чэгиэн-чэбдик уонна үөрэ-көтө сылдьалларыгар условиены тэрийээччилэринэн буолаллар.

       Оҕо эбии сайдарыгар иитээччилэр бэйэлэрин дьоҕурдарынан кружоктары үлэлэтэллэр: ФедороваА.Е. - ”Кырачаан олоҥхоһут”, СивцеваЛ.И. - ”Ритмика”, КириллинаТ.А. – “Юный эколог”, Захарова М.А. – “Ырыа ыллыгынан”, Кириллина З.В. – “Оригами”.

      Бөһүөлэккэ детсад биир үчүгэй коллективтаах тэрилтэнэн ааҕыллар. Биһиэхэ бааллар бары талааннар: ырыаһыттар, үҥкүүһүттэр,хомусчуттар, оһуохайдьыттар, спортсменнар, иистэнньэҥнэр, асчыттар, бөһүөлэк бары общественнай үлэтигэр, художественнай самодеятельноска, спортка активнай кыттааччылар.

       Төрөппүттэр көмөлөрүнэн субботниктар, араас аралдьыйыылар: ”Мин ийэбинээн”, ”Мин аҕабынаан”, ”Мама,папа и я – спортивная семья”, ”Туллукчаана Куо”, ”Оотой Боотур”, ”Өбүгэбит оонньуута”, ”Кыһыны атаарыы”, ”Самаан сайыны көрсүү”-ыытыллаллар.

       Детсад иитии-үөрэтии ис хоһоонун саҥатыыга, сайыннарыыга, иитээччилэр педагогическай маастарыстыбалларын үрдэтиигэ, оҕо доруобуйатын тупсарыыга чэбдигирдэр үлэни тэрийэн ыытарга, оҕону оскуолаҕа үчүгэйдик бэлэмнээһиҥҥэ уонна дьиэ кэргэни кытта үлэни өссө сайыннаран, үүнэ-сайдар аныгы олох ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн коллектив былааннаахтык үлэлиир.

Вверх